Тёмный

Сахабыт тыла. Күөрэгэй түмсүү. Дьиҥ арыллыы 

Кулан хаан
Подписаться 17 тыс.
Просмотров 7 тыс.
50% 1

«Күөрэгэй» төрүт тыл түһүлгэтэ 🕊️❤️
Доҕоттоор, саха тылын сайдар кэскилин туһугар үлэлэһэр, ийэ тылбыт инники дьылҕатын туһугар долгуйар дьон бары түмсүөҕүҥ сэтинньи 26 күнүгэр төрөөбүт тылбыт түһүлгэтигэр❤️
Түһүлгэҕэ тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, анал идэлээхтэр, исписэлиистэр санааларын, сүбэлэрин, уһуйар ньымаларын билиһиннэриэхтэрэ ✨
Ону тэҥэ көҕүлүүр күрэхтэри, араас тэрээһиннэри ыытыахпыт👍🏻
Эн биһигини кытта буол, доҕотторгор кэпсээ. Норуот тыллаах - омук тыыннаах🙌🏻
Всех ждём! ❤️ Барыгытын күүтэбит! ❤️
🗓️Дата: 26 ноября
🕰Время: с 11 до 17 часов
💒Место: Дворец детского творчества им. Ф.И. Авдеевой. МЕРОПРИЯТИЕ БЕСПЛАТНОЕ!
Наша страница: kyoregei_blog?i...

Опубликовано:

 

19 ноя 2023

Поделиться:

Ссылка:

Скачать:

Готовим ссылку...

Добавить в:

Мой плейлист
Посмотреть позже
Комментарии : 35   
@user-em2kj2zu4n
@user-em2kj2zu4n 5 месяцев назад
Саха тылын таптаан, харыстаан Саха дьоно!!! Үөрэтин, атыттар эппиттэрин истимэн: нуучча тыла барыта Саха тылыттан тахсыбыт, таабырын курдук биир тылы, сүһүөххэ арааран аахтахха, барыта көстөр. Аттаах дьон сырыылара ынырык буоллаҕа, ол бааһына оҥорор дьон сайдыыта, аттаах киһиттэн таһыма кырата биллэр. Байыаннай дьыала тыла барыта Саха: сыал-сорук- сыа ыл, сору ук; былаах- бу ыл аах; былаан- бу ыл аан; сордоох- сор ордоох; остуол- ас туол; баҕа санаа- Баа аҕа саа анаа; сандаар- саа анаа даар; саҕаттан- Саа аҕа аттан; бырастыы гын- быр астыы гын, быр диэнтэн брага диэн таһаарбыттар, бырпах-быр пах- ыабыттара аһыйбыт диэн; пахай даҕаны- пах ай Даа аҕа аны, тарахаан- тараах аан- ол иһин полчище тараканов дииллэр, кырыыса- кырыыс аһа; тураах- тур аах ол иһин ворон считать дииллэр; суор- сыа уор, нууччалар вор он дииллэр ол иһин; даҕатан этии- Даа аҕа аттан эт эттии; бастакы- бас ас такы-итини первый блин комом диэн ылбыттар, бастыык-бас астыык, ити пастух буолбут; бастаа-бас астаа; бэттээхэй- бэт эттээх иэхэй- ездить диэн таһаарбыттар итинтэн; хортуоска- хор ( корень) туоска, картошка буолбут; хоргуйан өлбут-хор оргу айан өлүү бут- хор оргутар өлүүтэ бүппүт; аҕыс иилээх саҕалаах- Аҕа Уус илэ ээх Саа аҕалаах- племена, достигшие мира с армией диэн; бэйэн- бу эйэ эн; сүрэх- сүр ээх- сүрүн сөбулэһэн диэн; талаан- тал аан, ааҥҥын тал, идэҕин диэн; буол- бу уол; баат - бу аат; баар - бу аар; борук-сорук- буору ук, сору ук диэн, буор- бу уор, ити тылтан вор диэн таһаарбыттар, буор уган хаалларбыттар диэн өйдөбул; арыгы - аар ыгыы; буокка - бу уокка, киһиэхэ буотах. Суруйдахха дөбөҥ, ааҕа үөрэнин Сахалыы-суһүөҕүнэн, тыл ис хоһоонун, барытын оччоҕо өйдүөххүт, ким кимтэн тугу ылбытын, ханнык тылтан сайдыы кинилэргэ барбытын. Саха тылыттан сайдыы барбыт. Барыта этэҥҥэ- Баа аар ыта эт тэҥҥэ, эбэтэр "Баа аар ыта этэ тэҥҥэ" үллэстибиттэр, аччык кэмҥэ.
@user-gk7bf4cz3e
@user-gk7bf4cz3e 6 месяцев назад
Махтал❤
@user-yz2wc9it2b
@user-yz2wc9it2b 7 месяцев назад
Киьи Бэйэтин Уйэтигэр Олорон Ааьар, Кэм Бэйэтэ Талар Тустаах Кёлуёнэни🙏🏻🙏🏻🙏🏻❤️❤️❤️оттон Кёлуёнэ талар Утуёну Хараны🙏🏻🙏🏻🙏🏻❤❤❤
@user-if1qu8tx8s
@user-if1qu8tx8s 7 месяцев назад
Убаастабыллаах Куламмыт- Барҕа Махтал!Норуоккун- ӨРӨ ТАРДА-САЙЫННАРА СУОЛБУТУН- ЫЙАН БИЭРЭ Сылдьаргар!!!МАХТАЛ!❤
@user-pp1fm2il2p
@user-pp1fm2il2p 7 месяцев назад
Кулан Хаан, дорообо! Улахан киьи диэн ейдебулу, дьэ ейдуехчэ буоллум дуу, диэн эрэбин. Махтал! Дьоннор-норуоккар маннык, тиийимтиэ тылларынан туьалыы тур диэн кердеьуем этэ.
@Grin2691
@Grin2691 7 месяцев назад
Аҕыйах ахсааннаах омуктарбыт: эбээннэр, эбэҥкилэр тылларын сүтэрбэтэхпитинэ эрэ саха тыла баар буолар
@toprealnature3950
@toprealnature3950 6 месяцев назад
Танха туьунан туох дии саныыгытый, билгэлээьин, инникини билээьин туьунан кэпсииргит буоллар.
@user-bl8fy5ir5l
@user-bl8fy5ir5l 7 месяцев назад
Аскалон бэрткэ эппит - "уһулуччу үчүгэй киһи диэн суох"!❤
@Brotella
@Brotella 7 месяцев назад
Сахалыы тыл уонна элбэх сахалыы ааттар суоллар тыыны үөскэтэллэр , тыын эйгэни үөскэтэр .
@user-yq2qd1xl4d
@user-yq2qd1xl4d 7 месяцев назад
Махтаал Кулан билиигин улэстэргэр , субэлииргэр . Оруобуна наадыйар кэммитигэр тахсарын олус кемелеьер 🙏🏻этэннэ буол
@user-yb5xu9ev2j
@user-yb5xu9ev2j 7 месяцев назад
Учууталбыт Кулан , аламай маҥан күнүнэн!
@user-uc1jv1tc2p
@user-uc1jv1tc2p 7 месяцев назад
Улахан махтал.
@liliya9321
@liliya9321 7 месяцев назад
Бэрт кэпсэтии❤ Махтал!
@Startplay-ky5sh
@Startplay-ky5sh 7 месяцев назад
Махтал! 🙌🏻
@user-kr3hx1mv7v
@user-kr3hx1mv7v 7 месяцев назад
Махтал!
@user-qo8vx7ll3e
@user-qo8vx7ll3e 7 месяцев назад
Сахабын дэнэр киҺи сахалыы сӨпкӨ саҤарЫАхтаах, сӨпкӨ суруйУОхтаах... ТЫЛбыт сҮтэр симэлийэр турукка сылДЬарын ӨйдҮӨх тустааххыт... САХАм ДЬоно-сэргэтэ кытаатан бары сахалыы алпаабыты(буукубалары) хачайдаан турУОрунуҤ! Куланы онтон-мантан кӨрӨр-истэр киһи элбэх бУОлУО...
@mukuchu_bootur
@mukuchu_bootur 7 месяцев назад
Махтал. Бэрт!
@user-up1kw7pi3b
@user-up1kw7pi3b 7 месяцев назад
Махтал
@Relax-mr8pf
@Relax-mr8pf 7 месяцев назад
Үтүө күн Кулан!
@user-db2es5go5t
@user-db2es5go5t 7 месяцев назад
Саха киһитэ үксэ тревога ( куттал диэн буолара дуу, сэрэхэчийии диэн табыгастааҕа дуу) сылдьар дии саныыбын. Олорор услуобуйабытыттан буолуо. Сорох киһи мээнэ- мээнэ ыгылыйар ыксыыр, сорох таһыгар холку курдук эрээри иһигэр тревогалаах, хам тутуулаах буолар. Хараҥа күүс итинник интепретациятын дьэ өйдөөн иһиттим, дьолоҕойбор түһэрдим. Бэйэни өрө тутуу диэн, аакка- суолга дьулуһуу диэҥҥэ сөбүлэһэбин. Ол кэнники сааһырдахха кэлэр дии саныыбын. Махтал . Толкуйдатар кэпсэтиилэргитин сөбүлээн истэбин. Тоҕо эрэ барытын ис отторжениета суох ылынабын
@user-bd6wq4rc7j
@user-bd6wq4rc7j 7 месяцев назад
Үтүө күн! Сахалыы тыл уонна саха тыла диэн туох уратылаагый
@mariao8144
@mariao8144 7 месяцев назад
Уратыта суох
@nurgustanaegorova41
@nurgustanaegorova41 7 месяцев назад
Эдэрдэр эрэ дуо?
@goha-hanter777
@goha-hanter777 7 месяцев назад
Сопко этэ5ин
@user-qd3pw8qb5g
@user-qd3pw8qb5g 7 месяцев назад
Куруук елбут дьоннору туьуур тугуй? Мин куруук туьуубун. Миэхэ ону-маны этэ сатыыллар.
@rant1791
@rant1791 4 месяца назад
Убай номергын биэрэгин да?
@user-vc7vl9ki3d
@user-vc7vl9ki3d 7 месяцев назад
Ханнык номерынан суруттарабыт?
@user-mz8gw5lq6t
@user-mz8gw5lq6t 7 месяцев назад
Аадырыһа ханныгый?
@Kristallina662
@Kristallina662 7 месяцев назад
Кириитэ босхо ду???
@user-lf8le9bs1b
@user-lf8le9bs1b 7 месяцев назад
Босхо
@mylas_meqeele
@mylas_meqeele 7 месяцев назад
Сахалар добровольно ассимиляциялыыллар буолбатах дуо? Ассимиляциялаабыт норуот төттөрү төннөр дуо? Биричиинэтэ туохханый? Бука диэн хоруйдуургутугар
@Kristallina662
@Kristallina662 7 месяцев назад
Кулан биир вопрос❓ урут истээччибин Саха Сиригэр хара омуктар элбээтилэр диэн.... Мин олорор райоммар 6 ыал Таджиктар ыаллар квартиралары атыыластылар биир сыл Исидор мин билэрбинэн,,,,,,, ол аата бороста элбээпиттэр,,,,, сАллан эрэбин уу харчыннан квартира ылаттаатылар ол аата болнайдар,,,,, охолоро биир Валга биэстии алталыы охолоохтор Саха омук тусугар долгуйабын
@orange-live-hacks
@orange-live-hacks 7 месяцев назад
👋Рубль, покупаемай ценнаьа, туьэн эрэр буолан, узбактар, бары на родину баран эрэллэр уьу бэлэригэр улэлэбиттэрэ выгоднее буолбут👌онон эмиэ хитрый ход буола турар
@Kristallina662
@Kristallina662 7 месяцев назад
@@orange-live-hacks ,,,, Мин олорор райоммар 6 кв атыыластылар Таджиктар оссо биир дэ этэбин
@user-bl8fy5ir5l
@user-bl8fy5ir5l 7 месяцев назад
​@@orange-live-hacksСахалыы саҥарыый!
Далее
Эдэр дьоҥҥо
23:23
Просмотров 9 тыс.
"КЫРДЬЫК" #1 Дархан Боотур Ойуун
1:01:01
24 часа в самом маленьком отеле
21:19
Ситиһии. Олохтон дуоһуйуу
25:13
Үп-харчы туһунан
32:15
Просмотров 30 тыс.
15 июня 2024 г.
6:14
Просмотров 2,9 тыс.
Африка Кутуотэ Кор-кулуу
4:04
Просмотров 17 тыс.