Сарсын Сахабыт Сиригэр олунньу 13 күнэ - Ийэ тыл күнэ! ✊😊
Бу күн саха бастакы учуонай-лингвииһэ, саха норуотун үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн оруолу толорбут, сахалыы маассабай суругу-бичиги айбыт Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ! 👏
Бу бэлиэ күҥҥэ анаан ТҮМЭН уонна ОДУН ыччаттар түмсүүлэрэ көрүлтэ устан Сахабыт Сиригэр бэлэх уунабыт! 🎥🎥🎥
Тыл - омук күүһэ, сомоҕото буолар! 😊
Хаһан баҕарар сахалыы тылгын өрө тута сырыт!
Тулалыыр эйгэҕин эн төрөөбүт тылыҥ нөҥүө ордук үчүгэйдик үөрэтэргин, билэргин умнума! 🌿
Тылы билэр буоллаххына эн силистээх, бу олоххо тирэхтээх киһи буолаҕын! ✊🏻✊🏻✊🏻
Ийэ тыл күнүгэр аналлаах көрүлтэҕэ уһуллуннулар Сахабыт Сирин биллэр-көстөр дьоно, талааннаах ыччаттар, сулустар, спортсменнар. 👫👫👫
Көрүлтэни тарҕат ✊
10 фев 2017